БОРБУЙ

@borbuev · news · Russian · active

Subscribers 4.8K Subscribers, last 30 days: 4.9K → 4.8K −10 24h
Reach per post (ERR) 15.8%767 avg views
Posting 11.5/day last 3 hours ago
Reactions per 1K views 3.4 👍 ❤ 🤣

Бэрт сонун✅ Орто Халыматтан төрүттээх, былырыын уу суолугар үлэлии кэлбит киһибит, бу күннэргэ Дьокуускайдааҕы уу суолун институтугар «Судовождение» идэтигэр кэтэхтэн үөрэнэргэ докумуонун туттарбыт⛴️ Василий түөрт уонун ааспыт киһи, быйыл иккис сылын навигацияны түмүктээн эрэр, бу иннигэр араас үлэлэргэ үлэлээбит. Бүгүн кэлэ сылдьан эттэ: " Үлэбин сөбүлээтим, аны, үөрэнэн, старпом, онтон кэлин капитан буолуохпун сөп эбит диэн санаа киирэн үөрэнэргэ сананным" диир. Бу, Василий этиитин истэн, аны, Мэҥэ Хаҥалас уола Сэмэн толкуйданан эрэр👍 Үлэҕэ ыҥырталаан ылбыт уолаттарбытыттан судналары салайар хапытааннар тахсалларын көрөр, истэр астык буолуо этэ🫡

Views over time

02004009 Oct 11:1110 Nov 04:584329 Oct 11:11: 0 views10 Nov 04:58: 432 views
Snapshots we took after posting.
WhenViews
9 Oct 2026, 11:110
10 Nov 2026, 04:58432

Who shared this post

Posts in other channels we index that link to this one. (Forwards with a hidden source can't be traced.)

Nobody yet.