БОРБУЙ

@borbuev · news · Russian · active

Subscribers 4.8K Subscribers, last 30 days: 4.9K → 4.8K +0 24h
Reach per post (ERR) 15.7%763 avg views
Posting 11.3/day last 1 hour ago
Reactions per 1K views 3.5 👍 ❤ 👏
repost from Шамаев Петр

Атырдьах ыйа — үөрэх тиһигин үлэһиттэригэр барыларыгар ураты кэм: ааспыт үөрэх сылын түмүгэ таҕыста, саҥа үөрэх дьылыгар бэлэмнэнии түмүктэннэ, сүрүн сыаллар-соруктар чопуланнылар. Педагогтары улахан суолталаах үлэ саҥа түһүмэҕэ күүтэр. Хаҥалас улууһугар үөрэх үлэһиттэрин атырдьах ыйынааҕы мунньахтарыгар учууталлары эҕэрдэлээтибит, үөрэх дьылын сүрүн соруктарын уонна кэлэр дьылга үлэ чопчу хардыыларын торумнаатыбыт. Оҕолору, ыччаты өйөөһүн — биһиги министиэристибэбит биир тутаах соруга. Хас биирдии оҕо бэйэтин дьоҕурун арыйарыгар, үөрэнэригэр, сыалын-соругун ситиһэригэр, өрөспүүбүлүкэтигэр уонна дойдутугар туһаны аҕалар идэни баһылыырыгар сөптөөх усулуобуйаны салгыы тэрийиэхтээхпит. Биһиги үөрэнээччилэрбит хас биирдии ситиһиилэрин кэннигэр такайааччылар билиилэрэ, уопуттара уонна күннээҕи түбүктэрэ турар. Учуутал оҕо дьоҕурун бэлиэтиир, ыарахан түгэҥҥэ өйүүр, бэйэтигэр эрэллээх буоларыгар көмөлөһөр уонна инники идэҕэ бастакы хардыыны оҥорорго сирдиир. Саҥа үөрэх дьыла биһиги оскуолаларбытыгар саҥа ситиһиилэри, педагогтарбытыгар — идэлэринэн сайдыыны, оттон хас биирдии үөрэнээччигэ билиини, бэйэ кыаҕар эрэлээх буолууну, баҕа санаатын олоххо киллэрэр кыаҕы үөскэттин! https://max.ru/channel_PetrShamaev

Views over time

020040060028 Aug 12:3310 Nov 04:5847728 Aug 12:33: 0 views10 Nov 04:58: 477 views
Snapshots we took after posting.
WhenViews
28 Aug 2026, 12:330
10 Nov 2026, 04:58477

Who shared this post

Posts in other channels we index that link to this one. (Forwards with a hidden source can't be traced.)

Nobody yet.