AarTYK☀️

@aartyk_nutchina · Russian · active

Subscribers 2.2K Subscribers, last 30 days: 2.2K → 2.2K +0 24h · −10 7d
Reach per post (ERR) 27.1%604 avg views
Posting 6.6/day last 23 hours ago
Reactions per 1K views 8.8 👍 ❤ 💯

“Директор” киинэттэн улаханнык астынныбыт Бүгүн бу киинэ суруналыыстарга, блогердарга анаан көрдөрүүтүгэр сылдьан, улаханнык астынныбыт, дуоһуйа күллүбүт, үөрэ долгуйдубут, дууһалыын сынньанныбыт. Киинэ сүрэхтэниитин хаартыскаларын бу сигэнэн киирэн көрүҥ https://vk.ru/album198528372_312114974 Сахалыы киинэни бу ураты көстүү баар буолуоҕуттан сүүрбэччэ сыл устата кэтээн көрөбүн, үксүгэр сылдьабын, бэйэм санааларбын этэбин. Бастаан кэмиэдьийэлэртэн, “Ыаллыылар” сэрийээлтэн саҕалааммыт, саха киинэтин сэргии, өрүү кэтэһэ көрөр буолбуппут. Ол эрэн кэлин Саха сирин олоҕун аҥардас күлүк эрэ өрүттэрин көрдөрөр, эбэтэр биллэр “айымньы матыыптарынан уһулунна” диэн биллэрэн баран, сорох киинэни оҥорооччулар ол айымньыны “бэйэлэрэ оннук өйдүүллэринэн уһуллулар” диэн матыыптаан, дьиҥ чахчыны токурутан, кэрээнэ суох баһааҕырдыыны сороҕор устан таһаараллара хомотор. Онтон бүгүн көрбүт киинэбит эмиэ биһиги олохпут кыайтарбатах чахчыларын туһунан кэпсиир буолан баран, ону хара кыраасканан марайдаабакка, үтүө санаа, истиҥ сыһыан кыайыытын эмиэ да көрүдьүөстээхтик, ол быыһыгар бэрт сэмэйдик тапталга сыһыаннаан, олус итэҕэтиилээхтик көрдөрдүлэр. Киинэ режиссера Николай Корякины-Айдын Атены доҕоро, миигин кытта үлэлии сылдьыбыт эдэр биир идэлээҕим, ааспыт сылга бу олохтон соһуччу барбыт Сандал Никаноровтыын “Тимир” диэн көрөөччү биһирэбилин ылбыт киинэни устубуттарыттан билсэбин. Сүрдээх эйэҕэс, истиҥ мичээрдээх эдэр киһи талбыт суолуттан туораабакка, сахалыы көрүдьүөстээх, лирическэй хабааннаах киинэни устубута хайҕаллаах. Сүрүн дьоруойдары саха дьоно бэркэ билэр, сөбүлүүр артыыстарын – Дмитрий Баишев, Лена Маркова, “Тимиргэ” оонньообут Владислав Никаноров – тэҥэ эдэр, саҥа ааттар – Олоҥхо театрыттан Алиса Ларионова, “Экспедиция” киинэҕэ саҕалаабыт Айыына Местникова чаҕылхайдык оонньоотулар. Киинэни Айдын Ате дойдутугар, Горнай улууһун Маҕараһыгар устубуттар, онон маассабай сыаналарга олохтоохтор уһуллубуттар, бөһүөлэк баһылыга Владимир Текеянов киинэҕэ эмиэ баһылык оруолун олус бэркэ толорбута кэрэхсэбиллээх. Киинэ ис хоһоонун кэпсии барбаппын, бэйэҕит булгуччу сылдьан, дуоһуйа күлэн-үөрэн сынньаныҥ! Онто да суох ыарахан, күннэтэ үөрдүбэт сонуннардаах олохпутун бу курдук ыраас, сырдык киинэлэр киэргэтэллэр, инникигэ эрэли түстүүллэрин умнумаҥ. Киинэҕэ саха норуота таптыыр ырыаһыта, ырыа айааччыта Аркадий Алексеев ырыалара киирбиттэр, онон ытыктабыллаах убайбыт киинэ иннигэр бэйэтэ тахсан, “аан дойду ыччатын ырыатын” эдэрдии тэтимнээхтик тардан кэбиһэн киинэҕэ ситиһиини түстээтэ. Киинэ кэнниттэн санаа үллэстиитигэр тыл эппиттэр бары ис сүрэхтэриттэн хайҕаатылар, онно мин эмиэ кыттыһабын. Дьиҥ чахчы норуот киинэтигэр сылдьарга тиэтэйиҥ! Владислаа КОРОТОВ күлэн быара суох буолуор диэри киинэни көрдө, ол быыһыгар хаартыскаҕа хатаата.

Views over time

020040060028 Oct 06:3810 Nov 21:5461828 Oct 06:38: 0 views10 Nov 21:54: 618 views
Snapshots we took after posting.
WhenViews
28 Oct 2026, 06:380
10 Nov 2026, 21:54618

Who shared this post

Posts in other channels we index that link to this one. (Forwards with a hidden source can't be traced.)

Nobody yet.