Былыр баайдар хас да ойохтоноллоро диэн кэпсээн баар. Баайдар билигин да элбэх ойохтонуохтарын сөп, ол кэмиттэн буолбакка, баайыттан эрэ тутулуктаах. Сахалар үксүлэрэ дьадаҥылар, урут да, аны да. Онон хамнастан хамнаска сылдьар саха эр киһитэ биир ыалы ииттэҕинэ махтал. Ити бастакыта. Иккиһинэн, итэҕэлбит атын. Мусульманнар дьахтары киһиэхэ тэҥнээбэттэр. Урут улахан аньыыны оҥорбуттар дьахтар буолан төрүүллэр диэн өйдөбүлүнэн ол буруйдарын «боруостаталлар». Оттон сахалар, Мандар Уус эппитин курдук, дьахтар таҥаралаах омук. Аан дойдуга сахалар курдук дьахтары бууттаах көмүһүнэн ураннык-нарыннык симээбит омук ханна да суох. Кыыс оҕону уйаннык таптаабыт, харыстаабыт омук да ахсааннаах. Кыыс оҕо - омук анала. Биир ыал, биир киһи анала буолбатах, бүттүүн омук - норуот анала, тутаах киһитэ. Ити этии - кыыс оҕо туора омукка кэргэн тахсан бардын диэн этии буолбатах. Аар Айылҕабыт, төрүт итэҕэлбит икки атахтааҕы араарбат. Киниэхэ учуокка КИҺИ эрэ баар. Дьахтар сахаҕа - эр киһини кытары тэҥ кэрдиискэ турар, үрдүгэр да, анныгар да буолбатах. Бачча тыйыс айылҕаҕа дьиэни, сүөһүнү, оҕону, кырдьаҕаһы - аал уоту тутан олорор киһи - дьахтар. Аал уот - Олох. Хоту дойдуга аал уот умулунна - олох бүттэ. Ол иһин саха дьахтары күндүргэтэр, хоту дойдуну иччилиир кини киһи диэн. Онон өйбүтүгэр-санаабытыгар иккис-үһүc-бэһис ойох буолуу сүөргүлэнэр, өһүргэтэр. Үсүһүнэн - Айыллыы диэн баар, Айылҕа оҥоһуута. Кытайдар, индустар курдук харса-хабаана суох хайдах да халыйа тэнийэр кыахпыт суох. Айылҕабыт атын, ыйаахпыт-оҥоһуубут атын. Былыр 20-ччэ төрүөхтэн биири тутан хааллахха үөрүү этэ. Чэҥ муус эркиннээх, туой муосталаах самнархай балаҕан кими тимирдэрин, кими күөрэтэрин кини эрэ билэрэ. Аны, генетиктэр этэллэринэн (соторутааҕыта Виктория Софронова, ХИФУ генетик-учуонайа суруйарынан), сахаларга уонна ашкенази-еврейдэргэ саамай элбэх генетическэй ыарыы баар эбит диэн. Ашкеназилар итэҕэллэринэн уонна баайдарын үллэстимээри бэйэ-бэйэлэригэр кэргэн тахсаллара - генетическэй ыарыы элбэҕэр тиэрдибит. Уруурҕаһыы барбыт. Оттон сахалар өр сылларга автономнайдык, кими да кытары буккуспакка ыраах баҕайы бэйэбит бэйэбитигэр олорон эмиэ уруурҕаспыппыт. Саха муста түстэ да, өбүгэлэрин ырытан бардаҕына ханан эмэ да буоллар алтыһан ылбыппыт тахсан кэлэр. Ордук биир улууска, нэһилиэккэ олорор буоллаххына. Былыр сэниэ ыал кийиити атын улуустан баран сүгүннэрэн аҕалара - хаанын аралдьытаары, чэгиэн оҕолору төрөтөөрү. Оттон улахан аҥаарбыт бэйэ-бэйэбитин кытары биир түөлбэттэн булсан ыллахпыт. https://aartyk.ru/sakha/caxa-elbiir-kyaxtaax-duo/