Бу дьыл, алтынньы 3 күнүгэр, саха төрүт тустуутун хапсаҕайы иилэн-саҕалаан сайыннарыыга сүҥкэн кылааты киллэрбит аҕа табаарыспыт, Д.П. Коркин аатынан Судаарыстыбаннай бириэмийэ лауреата, СӨ физкултууратын уонна успуордун үтүөлээх үлэһитэ, РФ уонна СӨ физкултууратын уонна успуордун туйгуна *Алексей Егорович Мостахов* уһун ыарахан ыарыы кэнниттэн күн сириттэн күрэннэ. Баһылай Манчаары аатынан саха төрүт көрүҥнэрин сайыннарар Өрөспүүбүлүкэтээҕи Киин кэлэктиибэ, СӨ хапсаҕайга федерацията, Алексей Егорович дьиэ кэргэнигэр, чугас дьонугар, доҕотторугар уонна саха хапсаҕайын бары сүгүрүйээччилэригэр дириҥ кутурҕаннарын тиэрдэллэр.