AarTYK☀️

@aartyk_nutchina · Russian · active

Subscribers 2.2K Subscribers, last 30 days: 2.2K → 2.2K +0 24h · −10 7d
Reach per post (ERR) 27.0%603 avg views
Posting 6.6/day last 1 day ago
Reactions per 1K views 8.7 👍 ❤ 💯

Айдааннаах-араллааннаах суруйааччылар түмсүүлэрэ дьэ салайааччыларын талбыттар. Саҥа бэрэссэдээтэлинэн Афанасий Гуринов-Арчылан буолбут. Сайа кандидатуратын бэйэтэ устуммут, Доллонов киирсибэтэх. Афанасий Гуринов-Арчылан, СӨ Суруйааччыларын сойууһун саҥа талыллыбыт бэрэссэдээтэлэ: – Бастатан туран, эрэлгит иһин махтанабын. Толорор сүбэҕэ 2011 сылтан 2021 сыл ахсынньытыгар диэри үлэлээбитим, ол тухары биир да мунньаҕы көтүппэтэҕим. Ол кэннэ туох быһыы-майгы үөскээбитин бары билэҕит. Саҥа устаап оҥоруутугар үһүө буолан – СахсаТар, Чуона Мэхээлэ уонна мин үлэлээтибит. Сүүрбэ сыл устата “Күрүлгэн” сурунаалга ылбыт үөрүйэхпин сойуус сайдыытыгар туһулуом. Арассыыйа түөлбэлэрин, тас дойдулары да кытта үлэни, хардары тылбааһы тэрийии салҕаныаҕа. Биһиги сойууспут ис кыаҕа олус улахан. Ыкса алтыспыт убай суруйааччыларым Сэмэн Руфов, Рафаэль Баҕатаайыскай, Баһылай Сивцев, Ксенофонт Уткин-Нүһүлгэн, Ньукулай Тобуруокап, Уйбаан Горнай эрэллэрин толорорго дьулуһан, ол ис кыаҕы таһаарарга күүскэ үлэлиэҕим. https://kiinkuorat.ru/articles/r-kem-ustata-ba-a-suoh-syryttybyt-s-p-buoluo

Views over time

05001K1.5K30 Sep 10:5210 Nov 21:541.3K30 Sep 10:52: 0 views10 Nov 21:54: 1,310 views
Snapshots we took after posting.
WhenViews
30 Sep 2026, 10:520
10 Nov 2026, 21:541.3K

Who shared this post

Posts in other channels we index that link to this one. (Forwards with a hidden source can't be traced.)