Дипломнайбын суруйарбар архивка үлэлээбитим. Онно бу Екатерина Романова быһыылааҕа, баҕар атын буолуо, кандидатскайыгар матырыйаал хомуйар этэ. Рукописьтары ааҕа-ааҕа сотору-сотору тохтоон олоппоһугар тиэрэ түһэрэ, ачыкытын устан: Ну как же красиво, поэтично сказано, а! Прямо дух захватывает! - дии-дии баһын быһа илгистэрэ, уһуутаан ылара. Онтон ачыкытын кэтэн кумааҕы үрдүгэр умса түһэрэ: Послушайте-ка, - диэн баран сахалыы тиэкиһи олуттаҕас соҕустук ааҕан барара. Онно дьиктиргээбитим: бээ, нууччалыы саҥарар үөрүйэхтээх эрээри сахалыы былыргы уус-уран тылы ааҕарын, өйдүүрүн таһынан дириҥник ырытан сыаналыыр эбит диэн. Ол аата саха нууччалыы да иитиилээх буоллаҕына, кыһалыннаҕына төрөөбүт тылын дорҕоонун кэрэтин син биир этинэн-хаанынан өйдүөн сөп буоллаҕа. По генной памяти?
AarTYK☀️
Subscribers
2.2K
+0 24h · −10 7d
Reach per post (ERR)
27.0%603 avg views
Posting
6.6/day
last 1 day ago
Reactions per 1K views
8.7
👍 ❤ 💯
Views over time
| When | Views |
|---|---|
| 27 Sep 2026, 03:36 | 0 |
| 10 Nov 2026, 21:54 | 626 |
Who shared this post
Posts in other channels we index that link to this one. (Forwards with a hidden source can't be traced.)
Nobody yet.