Учуонай, профессор Екатерина Назаровна Романова олохтон туораабытын биллэрдилэр🙏...Бу эмиэ саха наукатыгар улахан сүтүк. Мин кинини НПКларга истэр этим уонна биһиги наукабытын маннык дьон аан дойду таһымыгар биллэрэ, ону кытта ситимнии сылдьаллар дии саныырым. Г. В. Ксенофонтовка анаммыт дакылаакка холобур, кымыс, сылгы, түүрдэр туһунан дакылаата олус интэриэһинэй этэ. Бу сайын буолбут этносоциология НПКтыгар кыттыбыта, эмиэ интэриэһинэй иһитиннэрии этэ. Онон олус соһуйа, хомойо иһиттим. Олох эдэр сааһыгар бараахтаабыт, 65 саас диэн, дьиҥэ олох эдэр буоллаҕа🙏