AarTYK☀️

@aartyk_nutchina · Russian · active

Subscribers 2.2K Subscribers, last 30 days: 2.2K → 2.2K +0 24h · −10 7d
Reach per post (ERR) 27.0%603 avg views
Posting 6.6/day last 1 day ago
Reactions per 1K views 8.7 👍 ❤ 💯
repost from Иннокентьев Алексей Михайлович

Өрөспүүбүлүкэ судаарыстыбаннаһын Күнүнэн! Ытыктабыллаах Ньурба улууһун олохтоохторо! Күндү биир дойдулаахтарбыт! "Ньурба оройуона" муниципальнай оройуон дьаһалтатын уонна оройуон дьокутааттарын Сүбэтин аатыттан эһигини Өрөспүүбүлүкэ судаарыстыбаннаһын күнүнэн итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибит! Бу бэлиэ күн уһулуччулаах судаарыстыбаннай уонна уопсастыбаннай-бэлиитичэскэй диэйэтэллэр Максим Аммосовы уонна Платон Ойуунускайы кытта биһиги биир дойдулаахтарбыт Степан Васильев, бырааттыы Семен-1 уонна Семен-2 Донскойдар, Михаил Мегежекскэй, Александр Габышев, Дора Жиркова өрөспүүбүлүкэ судаарыстыбаннаһын үөскэтиигэ тэҥҥэ үлэлээбиттэринэн, кэлин Георгий Павлов, Семен Сюльскай, Александра Овчинникова, Анастасия Данилова, Варвара Петрова уо.д.а. Саха сирин өр кэмнээх социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытыгар дьоһун кылааттарын киллэрбиттэринэн киэн туттабыт. 1990 с. балаҕан ыйын 27 к. Декларация ылыллыаҕыттан, Саха сирэ бэйэтин историческай сайдыытыгар саҥа кэрдиис кэмҥэ үктэммитэ. Олохпут укулаата тосту уларыйыаҕыттан, кэнники кэмҥэ өрөспүүбүлүкэ олоҕор-дьаһаҕар ситиһиллибит барыта кэриэтэ бу историческай түгэни кытта сибээстээх. Бу сыллар усталарыгар Российскай Федерацияҕа Саха Өрөспүүбүлүкэтин аптарытыатын бөҕөргөтүүгэ, өрөспүүбүлүкэ олохтоохторун олоҕун тупсарар сыаллаах социальнай-экэнэмиичэскэй боппуруостары быһаарыыга, Саха сирин аан дойду түһүлгэтигэр таһаарыыга үгүс түбүктээх үлэ-хамнас ыытыллан кэллэ. Биһиги улууспут өрөспүүбүлүкэ биир бөдөҥ улууһун быһыытынан кини сайдыытыгар дьоһун миэстэни ылар. Өрөспүүбүлүкэ салалтатын өйөбүлүнэн СӨ норуоттарын IX Спортивнай оонньууларыгар бэлэмнэнии чэрчитинэн 3000 миэстэлээх, сүүрэр манежтаах стадион уонна бассыайыннаах Физкултуурунай-чэбдигирдэр комплекс, Күндээдэҕэ , Чаппандаҕа, Сүлэҕэ уонна Антоновкаҕа спортивнай саалалар тутуллаллар. Итини таһынан Ньурбаҕа “Доруобуйа харыстабыла” нацпроект чэрчитинэн кэтэһиилээх эмтиир балыыһа дьиэтэ, “Саахалланар туруктаах дьиэттэн көһөрүү” тосхолунан дьиэлэр тутулла тураллар. 81 кыбартыыралаах дьиэ быйыл үлэҕэ киириэҕэ. Төһө да бүтүн дойду үрдүнэн балаһыанньа уустук буоллар, оройуоммутугар норуот хаһаайыстыбатын бары салааларыгар үлэ-хамнас туруктаах. Окко былааны 100% толорон, сүөһү-сылгы сыл тахсар отун хааччынныбыт. Атын даҕаны көрдөрүүлэр куһаҕана суохтар. Ытыктабыллаах Ньурба улууһун олохтоохторо, күндү биир дойдулаахтарбыт! Эһиэхэ кытаанах доруобуйаны, үлэҕитигэр-олоххутугар этэҥҥэ буолууну уонна табыллыыны, бары саҕалаабыт уонна былааннаабыт үлэҕит ситиһиилээхтик олоххо киирэригэр баҕарабыт. "Ньурба оройуона" МО баһылыга А.М.ИННОКЕНТЬЕВ. "Ньурба оройуона" МО дьокутааттарын Сүбэтин бэрэссэдээтэлэ Н.М.МИХАЙЛОВА.

Views over time

020040060027 Sep 01:4910 Nov 21:5452827 Sep 01:49: 0 views10 Nov 21:54: 528 views
Snapshots we took after posting.
WhenViews
27 Sep 2026, 01:490
10 Nov 2026, 21:54528

Who shared this post

Posts in other channels we index that link to this one. (Forwards with a hidden source can't be traced.)

Nobody yet.