AarTYK☀️

@aartyk_nutchina · Russian · active

Subscribers 2.2K Subscribers, last 30 days: 2.2K → 2.2K +0 24h · −10 7d
Reach per post (ERR) 27.0%603 avg views
Posting 6.6/day last 1 day ago
Reactions per 1K views 8.7 👍 ❤ 💯

Күндү Сахабыт сирин бар дьоно! Идэлээх олох айыыта Улуу Суорун тойон бэттэх көрөн мичик гынан балаҕан ыйын 27 күнүгэр 10ч. барыгытын "Тапталлаах Сахабыт сирэ, Айыы санаанан айхаллана тур!" диэн Сахабыт Өрөспүүбүлүкэтин Судаарыстыбаннаһын күнүгэр аналлаах Айыы алгыстаах, ырыа- тойук, хомус, үӈкүү аргыстаах, оһуохай үҥкүүлээх, киэӈ сэһэннээх үтүө тэрээһиҥҥэ ыҥырабыт. Кыттыыны ылыахтара: 🌞 Зинаида Григорьева - Көмүс Дьүрүл, алгысчыт 🌞 Варвара Степанова - Арчыына, Саха сирин үтүөлээх артыыһа, Аан дойду култууратын маастара, Аан дойду виртуоз хомусчута 🌞 "Бриллианты Якутии" образцовай оҕо үҥкүүтүн театра (уус-уран сал. Россия, Саха сирин үтүөлээх артыыһа Афанасий Афанасьевич уонна Саха сирин үтүөлээх артыыһа Зоя Михайловна Соловьевтар) 🌞*"Махтал иэйиитэ" ырыа бөлөҕө* (уус - уран сал. Саха сирин культуратын туйгуна Станислав Петрович Олесов). 🌞 Сэһэнньит Андрей Саввич Саввинов, "Кут-Сүр" кыһа сэһэнньитэ, ХИФУ профессора, философскай наука доктора. Айыы тыыннаах Сахабыт сиригэр идэлээх олох кэбэ- киэлитэ олохсуйан, дьиэбит сылаас холумтаныгар Айыы алгыһа түһэн билиини, үлэни, сатабылы, идэни, өбүгэбит дьарыгын баһылааммыт, уйгу- быйаҥы дэлэтэммит, айылҕабытын харыстааммыт, сахалыы эйгэбитин кэӈэтэммит, олоӈхону, оһуохайы өрө тутаммыт, сиэри- туому тутуһаммыт саха буолан сандаарыаххайыӈ, киһи буолан килбэйиэххэйиӈ, төрөөбүт дойдубут уруйун- айхалын Аан дойдуга үйэттэн үйэҕэ өрөгөйдөтүөххэйиӈ уонна үйэ- саас тухары саха омуга Айыы суолунан айаннааммыт алгыстаах аартыкпыт арылла турдун! ☀️ Тэрийээччилэр: "Саха эйгэтэ", "Кэрэ олох" уопсастыбаннай түмсүүлэр. Буолар күнэ: балаҕан ыйын 27 күнэ, өрөбүл күн. Бириэмэтэ: 10ч. Буолар сирэ: Дьокуускай куоракка Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан Норуоттар доҕордоһууларын дьиэтэ, Гостинай саала, 2 этээс, уҥа хайысха. Аадырыһа: Пояркова уул., 4. Киириитэ босхо. Үтүөнү үксэтэҥҥит биллэриини, баһаалыста, киэҥник салгыы дьонноргутугар тарҕатыһан сахалыы эйгэбитин кэҥэтэн иһиэххэйиҥ. Тэрийэр бөлөх.

Views over time

020040060027 Sep 00:1510 Nov 21:5456327 Sep 00:15: 0 views10 Nov 21:54: 563 views
Snapshots we took after posting.
WhenViews
27 Sep 2026, 00:150
10 Nov 2026, 21:54563

Who shared this post

Posts in other channels we index that link to this one. (Forwards with a hidden source can't be traced.)

Nobody yet.