AarTYK☀️

@aartyk_nutchina · Russian · active

Subscribers 2.2K Subscribers, last 30 days: 2.2K → 2.2K +0 24h · −10 7d
Reach per post (ERR) 27.0%603 avg views
Posting 6.6/day last 1 day ago
Reactions per 1K views 8.7 👍 ❤ 💯
edited

Быыбар кэнниттэн единэйдэргэ уонна Шамаевка куоластаабыт дьон санаатын истээри үс күнү быһа көрдөөтүм. Көрдөөбүт көмүһү булар дииллэринии үһүс күммэр дьэ буллум. -Госслужащай этим буоллаҕа, как бы долг, - диир биир дьахтар. -Пенсияҕа тахсыбытыҥ дии, какой еще долг? - диэн дьүөгэтэ ыйытар. -Син биир хааллаҕа, отуттан тахса сыл үлэлээбит психологиям. -Биһиэхэ ЖКХалар 100% куоластаабыттар этэ. Холобур оҥостуу, отчуот, хайҕааһын бөҕө буолбуттара. Хотя хамнастарын ылбакка олороллор. Улуус тэрилтэлэрин салайааччыларын барытын мунньан бассаап-группа тэрийбиттэрэ. Эрдэ, быыбар быдан инниттэн. Фотоотчет обязательнай диэбиттэрэ, - диэн атын киһи кэпсиир. -Биһиэхэ ясно дали понять, если не проголосуете за ЕР, то улусу не построят соцобьекты. И вообще перенесут игры и передадут право провести мероприятие другому улусу, - диир биир салайааччы. Дьон хайдах санаанан салайтаран куоластаабыта көстөр. Ким эрэ "бэйэ дьоно, үлэм эбээһинэстиир" диэн. Ким эрэ "баҕар хамнас түһүө, бириэмийэ биэриэхтэрэ" диэн. Оттон сорохтор "аласный патриотизм" - дойдутугар тутуу ыыттараары, дьонугар-сэргэтигэр үтүөнү баҕаран. Ол гынан баран үп-харчы бюджеткэ суох, улахан тутуулары ыытарга федераллар көҥүллэрэ наада. Туох-баар харчы ханна бара турарын бары билэҕит. Онон сорох дьон уһуну-киэҥи кыайан анаарбата, күннээҕини эрэ көрөрө, толкуйдуура тахсан кэллэ. Причину кризиса увы не видят, думают на короткую дистанцию. Таков уровень сознания масс. Отсюда и вывод -каждый народ достоин своего правителя. Дьон-сэргэ бэйэтэ толкуйдуу, анаара, ырыта үөрэниэхтээх. Ким да кини олоҕун кэлэн быыһаабат да, быһаарбат да. Эппиэтинэс - бэйэбитигэр.

Views over time

020040060026 Sep 03:4110 Nov 21:5456926 Sep 03:41: 0 views10 Nov 21:54: 569 views
Snapshots we took after posting.
WhenViews
26 Sep 2026, 03:410
10 Nov 2026, 21:54569

Who shared this post

Posts in other channels we index that link to this one. (Forwards with a hidden source can't be traced.)

Nobody yet.