⚡️ *Балаҕан ыйын 25-30 күннэригэр Дмитрий Пономарев-Дьолуолаах «Ньырбакаан удьуора Омолдооон» кинигэтигэр эрдэттэн атыыны (предпродажа) биллэрэбит!* 🧾 Ньурбалар төрүттэрэ буолбут Ньырбакаан туһунан арамааны суруйбут Дьолуолаах саҥа айымньыта — «Ньырбакаан удьуора Омолдоон» диэн сэһэнэ алтынньы саҥатыгар атыыга тахсыаҕа! 🤩 Бу сэһэҥҥэ Ньырбакаан сиэнэ, холуон майгылаах, күлүмэх күүстээх бухатыыр Омолдоон олоҕун туһунан кэпсэнэр. Кини дохсун сырыыларыгар, охсуһуулаах олоҕор оччотооҕу кыргыс үйэтин иирсээннэрэ, кыһалҕалара кэрэхсэбиллээхтик сырдатыллаллар. ❗️ *Балаҕан ыйын 25 күнүттэн 30 күнүгэр эрэ диэри бу кинигэни чэпчэтиилээх сыананан — 462 солкуобайга атыылаһыахха сөп.* Алтынньыга атыыга таҕыстаҕына *сыаната 600 солкуобай буолар*. Саха омук былыргы олоҕун сырдатар ураты ис хоһоонноох сэһэни биир бастакынан ааҕыҥ!👍🏻 *Билсэр нүөмэргит: +79142245646*.