AarTYK☀️

@aartyk_nutchina · news · Russian · active

Subscribers 2.2K Subscribers, last 30 days: 2.2K → 2.2K −10 24h
Reach per post (ERR) 29.4%656 avg views
Posting 7.2/day last 2 hours ago
Reactions per 1K views 8.8 👍 ❤ 💯
repost from БОРБУЙ

Оскуоланы таас дьиэ, үчүгэй хааччыллыы киэргэппэт, оскуоланы - учуутал киэргэтэр, онтон, оскуола киэн туттуута - кини үөрэнээччилэрэ✅ Оскуоланы талар буоллаххытына бастаан педсоставын көрүҥ, хас үрдүк, бастакы категориялаах учуутал баарын ыйытар буолуҥ. Ити барыта хас биирдии үөрэх тэрилтэтин сайтыгар ыйыллар. Дириҥэтэн үөрэтэр предметтаргыт учууталларын таһымын оскуола сайтыгар киирэн билсиэххитин сөп. Уонна болҕомтоҕутун оскуола директорын биографиятыгар ууруҥ - хайдахтаах да оскуола ис тутулун опыттаах педагог эрэ салайааччы оҥорор, кини оскуола ис методическэй эйгэтигэр күүскэ дьайар. Практика көрдөрүнэн, учууталлаабатах, оскуолаҕа үлэлээбэтэх директор - тас эйгэни үксүн оҥорор, дьиэтэ-уота ыраас, тупсаҕай буолуутугар ордук охтор, онтон ис тутула кини солбуйааччыларыгар (завучтарга) сүгүллэр. Күүстээх саабыстаах директор - кини дьоло, үлэтигэр табыллыыта буолар.

Views over time

020040060022 Sep 04:3110 Nov 21:5459522 Sep 04:31: 0 views10 Nov 21:54: 595 views
Snapshots we took after posting.
WhenViews
22 Sep 2026, 04:310
10 Nov 2026, 21:54595

Who shared this post

Posts in other channels we index that link to this one. (Forwards with a hidden source can't be traced.)

Nobody yet.