AarTYK☀️

@aartyk_nutchina · Russian · active

Subscribers 2.2K Subscribers, last 30 days: 2.2K → 2.2K +0 24h · −10 7d
Reach per post (ERR) 27.0%603 avg views
Posting 6.6/day last 1 day ago
Reactions per 1K views 8.7 👍 ❤ 💯
repost from Борис Павлов - Көмүөл күүс

КҮННЭЭҔИ Һуу! Харах аһылынна, өй уһугунна, санаа салалынна. Сөп буолуо. Утуйар ууттан эмиэ сынньаныахха. Үүммүт күнүнэн, олорор олоҕунан дьарыктаныахха... Бүгүн этим –хааным тугу кытта охсуһар? Тыалы? Хаары? Электромагнитнай буурҕаны? Эбэтэр бэҕэһээ көрдөөх малааһын ааһан биэрбэт амтанын? Айфонум бэстилиэт курдук толору иитиилээх, Дьулуурум ботуруон курдук кураанах буорахтаах, Бүгүҥҥү баҕа санаам хайаатар да туолуохтаах... Күнү күндээрдиэххэ, саҕаҕы сыҕарытыахха, бүгүнү баһыттан атаҕар диэри хайа тыырыахха. Уулуссалар – линейкалар. Мин иннибинэ куораты барытын мээрэйдээн бүтэрбиттэр. Тротуардарга кыстыы хаалбыт тураахтар, барабыайдар хаһаайын курдук аа- дьуо хаамса сылдьаллар. Соһуйумуохха. Онтон мантан хоргуппута буола оонньоомуохха. Олох бэйэтэ да испиискэ маһын курдук. Күлүм гына умайан хаалла да бүттэхпит. Мунаараары гыннаххына харыгар чаһыгын көр. Бириэмэ хаһан да албыннаабат. Күнүһү күнүс, киэһэни киэһэ, түүнү түүн диир. Ити курдук, олоробун уруулга. Дьокуускайы унаар суолбунан уруһуйдуу, Саҥа күнү сүрэхпинэн уруйдуу... Борис Кэм

Views over time

020040060080019 Sep 23:4510 Nov 21:5470019 Sep 23:45: 0 views10 Nov 21:54: 700 views
Snapshots we took after posting.
WhenViews
19 Sep 2026, 23:450
10 Nov 2026, 21:54700

Who shared this post

Posts in other channels we index that link to this one. (Forwards with a hidden source can't be traced.)

Nobody yet.