AarTYK☀️

@aartyk_nutchina · news · Russian · active

Subscribers 2.2K Subscribers, last 30 days: 2.2K → 2.2K −10 24h
Reach per post (ERR) 29.4%656 avg views
Posting 7.2/day last 6 hours ago
Reactions per 1K views 8.8 👍 ❤ 💯
repost from Поскачин В.С.

Өртөөһүнү дьиҥинэн билигин даҕаны оҥоруохха сөп. "Профилактический отжиг" - диэн көҥүллэнэр. Уонна саас даҕаны, күһүн даҕаны оҥоһуллуон сөп диэн. Ол иһин айаҥҥа сылдьар дьон саас аайы Амурскай уобаласка, Хабаровскай кыраайга өртөөһүн буола турарын көрдөрөр видеолары ватсапка ыытааччылар. Бу биһиэхэ республикабыт "муҥур" тойоно бобон олорор, ситэри өйдөөбөт даҕаны, куттанара да бэрт. Мин Үөһээ Бүлүүгэ, Сургуулук нэһилиэгин Ыйылас диэн түөлбэҕэ биир кырдьаҕас көрдөһөн анаан-минээн дьон ыытан өртөөһүнү тэрийбитим, ыыттарбытым. Хас даҕаны оттоммотохторо ырааппыт алаастары, күөллэри бэрт баҕайытык өртөөн кэбиспиппит уонна онно билигин улахан сылгы базата тэриллэн бэккэ үлэлии олорор. Онон бу боппуруоһу ханнык баҕарар улуус, нэһилиэк баһылыга быһаарар кыахтаах гынан баран үөһээттэн бобуллан олороллор. Ону ити Ньургуйаана Госдумаҕа талыллар түгэнигэр аҕыйах статьяҕа уларытыы киллэттэриэн сөп бөҕө буоллаҕа дии. Республика былааһыгар уонна баһылыктарга өртөөһүн тэрийээһинин көҥүллүүр эрэ буолбатах, өссө кинилэртэн ирдиир курдук. Оччоҕуна эрэ өртөөһүҥҥэ хамсааһын тахсыаҕа, Айсен Николаев өртөөһүнү тэрийэри да кыайбакка сотору уурайыаҕа.

Views over time

020040060016 Sep 12:3410 Nov 21:5451916 Sep 12:34: 0 views10 Nov 21:54: 519 views
Snapshots we took after posting.
WhenViews
16 Sep 2026, 12:340
10 Nov 2026, 21:54519

Who shared this post

Posts in other channels we index that link to this one. (Forwards with a hidden source can't be traced.)

Nobody yet.