AarTYK☀️

@aartyk_nutchina · Russian · active

Subscribers 2.2K Subscribers, last 30 days: 2.2K → 2.2K +0 24h · −10 7d
Reach per post (ERR) 27.0%603 avg views
Posting 6.6/day last 1 day ago
Reactions per 1K views 8.7 👍 ❤ 💯
repost from Нюргуяна Заморщикова

Мин депутатынан талыллыннахпына Госдума Аграрнай кэмитиэтигэр киириэхтээхпин. Биир сүрун туруорсар боппуруоһум — регионнар боломуочуйаларын кэҥэтии, ол иһигэр өртөөһүнү субъект айылҕатыттан көрөн бэйэтэ быһаарарын ситиһии. Оту саас өртүөххэ наада диэн элбэх киһи туруорсар. Өртөөһүн — саҥа от үүнэригэр туһалаах, от хаачыстыбата тупсар, лаҥхарбыт эргэ оту ыраастыыр, араас паразиттары, кыыл-сүөл тобоҕун уматар, ойуур уотугар күөдьүтүүнү суох оҥорор. Өр өртөммөтөх сиргэ сылгы ырыганныыр, элбэхтик кээһэр, ыалдьар, мөлтөх төрүөҕү биэрэр. Ону таһынан ынах-сүөһү тоҥ ниирэйи төрөтөр, араас ыарыыны хаптарара элбиир. Ол тыа хаһаайыстыбатыгар улахан охсуулаах. Онон сааскы хонтуруолланар өртөөһүнү көҥүллүүрү ситиһиэхтээхпит. Биллэн турар, уот турбатын курдук ойуур хаара уулла илигинэ, нэһилиэк баһылыгын салалтатынан уонна сирдээх дьон хонтуруолларынан өртөөһүн ыытыллыахтаах.

Views over time

020040016 Sep 12:3410 Nov 21:5444016 Sep 12:34: 0 views10 Nov 21:54: 440 views
Snapshots we took after posting.
WhenViews
16 Sep 2026, 12:340
10 Nov 2026, 21:54440

Who shared this post

Posts in other channels we index that link to this one. (Forwards with a hidden source can't be traced.)

Nobody yet.