-Боростой дьон наһаа үчүгэйдик көрсөр. Этинэллэр ахан. -Былаас? -Биллэн турар харгыс, мэһэй бөҕө. Дьиэ биэрбэттэр, дьону көрсүмэҥ диэн дьаһайаллар. -Куттал-баттал? -Барыта кутталынан. Уонна дьону быыбарга кэлбэттэрин курдук соруйан апатияҕа киллэрэллэр - эн куолаһыҥ тугу да быһаарбат, ол биир киһи утаран тугу гыныаҕай диэн. Дьиҥэ бары утараллар «ныгыл» былааһын. Дьон быыбарга тахсыан эрэ наада. Статистиканы да көрөргүт буолуо: сылтан сыл аайы дьон быыбарга кэлэрэ аҕыйаан иһэр. Наадалаах, ыгыллан-түүрүллэн эрэ кэлбит дьон куоластыыр. Аһаҕастык айдаарбакка эрэ кэлэн куоластааҥ: кабинкаҕа ким да батыһан киирбэт, бэйэҕит эрэ баар буолаҕыт диэн дьоҥҥо этэбин. -Предприниматель киһи быһыытынан эт эрэ: бу бэйэтин дьыалатынан дьарыктанар киһи хайдах-туох ураты майгылаах буолар дии саныыгын? -Бэйэтин олоҕун бэйэтэ оҥостор күүстээх санаалаах киһи. Түргэн-тарҕан туттунуулаах, тобуллаҕас өйдөөх. Ыарахантан толлубат, тостубат. Ол аата эппиэтинэһи уйар. Бэйэтин эрэ иннигэр буолбатах - дьонун, дьиэ кэргэнин, хамнастыыр дьонун иннигэр улахан эппиэтинэһи сүгэр. Кини саҥаҕа аһаҕас. Былыргы эргиэмсиктэри-меценатттары да ылан көрүөҕүҥ. Кинилэр сайдыыны норуоттарыгар аҕалбыттара - оскуола, балыыһа тутаттаан, дьадаҥы дьон оҕолорун үөрэттэрэллэригэр пансион тэрийэн, кыраны-кыамматы өйөөн. Аан бастаан электричествоны Хаҥаласка 1914 сыллаахха Барашков атыыһыт аҕалбыта. Дьиэтигэр эрэ буолбакка, хотонугар кытары уот тардыбыта. Ити Ньургуйаана хос-хос эһэтэ. Суорунаны миэлиҥсэнэн солбуйбуттара, эми-тому, аһы-үөлү, үлэ миэстэтин дэлэппиттэрэ, норуоттарын үөрэхтииргэ дьулуспуттара, сырдыкка сирдээбиттэрэ. Былыргы атыыһыттар киэҥ ыырдаах, улахан эргитиилээх дьон этилэр. Аан дойдуга экономиканы дьоҕус уонна кыра бизнес оҥорор. Биһиэхэ дьоҕус, орто бизнес сайдарыгар элбэх харгыс, моһол бөҕө. Бэйэтин бэйэтэ ииттинэр кыахтаах киһи - тутулуга суох буолар. Былаастан, систиэмэттэн. Тутулуга суох дьон - көҥүллэр. Көҥүл санаалаах дьон элбээтэҕинэ систиэмэҕэ куттал суоһуур. Ол иһин дьону тыыннаах эрэ хаалар туһугар пособияҕа, пенсияҕа, кыра хамнаска, өр сыллаах иэс хабалатыгар олордо сатыыллар. Ыччаппыт дойдутугар хаалар усулуобуйата үөcкүөхтээх. Ол - биһигиттэн, хас биирдиибититтэн тутулуктаах. Олоҕу уларытар биир улахан кыах баар - быыбар. Быыбарга тахсыҥ, санааҕытын этиҥ, оҕоҕут-ыччаккыт туһугар быыбар оҥороргутун өйдөөҥ. Афанасий АЛЕКСЕЕВЫ кытары толору видео интервьюну бу сигэнэн киирэн көрүөххүтүн сөп. https://youtu.be/OslC3Y2OXO4?si=sj1xkUPzKB8L_Q2L