AarTYK☀️

@aartyk_nutchina · Russian · active

Subscribers 2.2K Subscribers, last 30 days: 2.2K → 2.2K +0 24h · −10 7d
Reach per post (ERR) 27.0%603 avg views
Posting 6.6/day last 1 day ago
Reactions per 1K views 8.7 👍 ❤ 💯

https://youtu.be/OslC3Y2OXO4?si=sj1xkUPzKB8L_Q2L Афанасий АЛЕКСЕЕВ: Миигин эрэ тыыппатыннар диэн кутуйах иинин кэҥэтэр кэм ааста -Афанасий Павлович, уу-чуумпутук бизнеһинэн дьарыктана-дьарыктана сылдьыбакка, тоҕо общественнай үлэҕэ, политикаҕа кыттыһаҕын? - диэн дьоҥҥо биллэр аатынан - Японецтан ыйытабын. -Миигин эрэ тыыппатыннар диэн кутуйах иинин кэҥэтэн-кэҥэтэн ханна-туох олоххо тиийбиппитин бэйэҥ көрөҕүн. Политиканы интэриэһиргээбэппин, ким да депутат буоллун дииллэр. Дьэ суох. Госдума быыбара - президент да быыбарыттан ордук суолталаах быыбар. Бу - барыбыт кырата биэс сыллааҕы олохпутун быһаарар, хас биирдиибитигэр быһаччы дьайар быыбар. Төрүү илик оҕоттон саҕалаан тайахха тирэнэр кырдьаҕаска тиийэ. Эн оҕоҥ, ыччатыҥ, бэйэҥ, ийэҥ-аҕаҥ киһилии олоруон баҕарар буоллаххына - хайаан да быыбарга кэлиэхтээххин. Хайаан да олоҕуҥ туһугар БЭЙЭН киирсиэхтээххин, атын дьоҥҥо сэлээннээбэккэ. Быыбарга булгуччу тиийиэххэ наада, уонна чуолаан балаҕан ыйын 20-гэр. «Ньыгыллар» былааска хаалаары араас албастары барытын туһанан быыбардыыр күммүтүн үс күн уһаттылар. Ааспыт быыбарга балтым бүтэһик күҥҥэ киэһэ тиийбитэ кини оннугар быыбардаан кэбиспиттэрин көрөн соһуйан кэпсээбитэ. Бары сэрэйэр инигит, ким туһугар куоластаабыт курдук оҥорбуттарын? Онон тиһэх күҥҥэ быыбардыыр учаастакка тиийиэххэ наада. -Ааспыт быыбарга коммунистарга куоластыахха диэн ыҥырбытыҥ, бу сырыыга кими өйүүгүн? -Ааспыт быыбарга тоҕо коммунистарга ыҥырбыппыный? Тоҕо диэтэххэ, «ньыгыллары» утарарга, куолаһы кыра партияларынан бытарыппакка - биир партияны өйүөххэ диэн санааттан. Билигин талар кыах баар буолла - саҥа партия «Новые люди», чуолаан биир мандаттаах уокурукка Ньургуйаана Заморщикованы күүскэ өйүүбүн. -Тоҕо? -Бу турбут кандидаттартан былаастан тутулуга суох кандидат Заморщикова эрэ баар. Уоннааҕылар бары бюджет үлэһиттэрэ. Бүгүн-сарсын ыҥыран ылан «үлэҕиттэн ууратыам» диэтэхтэринэ ылы-чып барар дьон. Онтон Сөдүөт Тумууһабы бэйэҕит билэҕит - билиҥҥи Ил Дарханы бэйэтэ бэлэмнээн, бэлэһигэр силлээн иитэн-такайан таһаарбыт киһитэ. Үүт-үкчүлэр, кини да Айсен Николаев да биирдэр. Публикаҕа «сэриилэспитэ» буолан оонньуу сылдьаллар. -Талааннаах артыыстар? -Олус талааннаахтар - дьон өйүн-санаатын албыннаан-көлдьүннээн сүүйэргэ. Тоҕо биир куомуннаахтарын биир бэйэм холобурбуттан кэпсиэм. Биэс сыллааҕыта кыра, дьоҕус урбааны өйүүр РОСТ диэн партияттан тахсан депутакка тур, өйүөхпүт диэн эппиттэрэ. Толкуйдаан баран сөбүлэспитим. Докумуон толорон, туох баар ирдэбили ааһан партия сийиэһигэр кандидатурам бигэргэтиллиэхтээҕэ. Ол иннинэ быыбарга киирсиэм диэн кимиэхэ да быктарбакка сылдьыбытым. Москваҕа партия сийиэһэ буолла, арай мин ааппын ааттаабатылар. Хайдах-хайдаҕый диэн сийиэскэ барбыт партия маннааҕы салайааччыта Тимошенко бэйэбэр эрийэр. Сийиэс бүппүтүн кэннэ биллибитэ, партия федеральнай салалтата этэр: дьэ бу сарсыарда 4 чаас саҕана эрийэн Алексеев кандидатуратын уһул диэн модьуйдулар, хаһан да, кими да итинник суһаллык уһулларбатахтара диэн. Сийиэс иннинэ аҕай РОСТар сайтарыгар кандидаттары таһаарбыттар. Ол ону маннааҕы АГИПтар көрөн, түрүлүөн бөҕө түһэрэн түүннэри «үлэлээн» кандидатурабын уһултаран тураллар. -Тоҕо? -Мин эмиэ Айсен Николаевтан уун-утары олорон: «Тоҕо?» - диэн ыйыппытым. «Тоҕо диэтэххэ, биир мандаттаахха Сөдүөт Тумууһап кыайыахтаах диэн эрдэ кэпсэтиллибитэ», - диэн хардарбыта. Бу «ньыгыллар» тойонноро итинник тыллаһа олорор. Ол иһин ааспыт быыбарга улаханнык биллибэт кандидаты туруордахтара. Бу сырыыга эмиэ оннук хайысханан бардылар. Петр Шамаев туох саҥалаах-иҥэлээх, тыллаах-остөөх эбитий диэн дебаттарга кэтэһэ сатаатыбыт да, олох кытыннарбаттар. Сыанаҕа тахсан лозунг эрэ хаһыытыыр: «Саха ыччата бары бииргэ!»…онон бүтэр. Аны улахан араллаана суох Тумууһап хампаанньатын ыытан иһэн, Заморщикова инники күөҥҥэ тахсан эрэрэ биллээтин кытары - ыксаатылар быһыылаах - баннер бөҕө буолла, соцситимҥэ ыҥырыы, теевизорынан ылгын уолун «үөхпүтэ» буолан туттуу-хаптыы элбээтэ. Дьиҥинэн Айсеннаах Сөдүөт биир хамаанда дьон буоллаҕа - аҕа-уол курдук. -Амманан эҥин Заморщикованы кытары сырыттыҥ. Дьон хайдах көрсөр?

Views over time

020040060011 Sep 02:0610 Nov 21:5461411 Sep 02:06: 0 views10 Nov 21:54: 614 views
Snapshots we took after posting.
WhenViews
11 Sep 2026, 02:060
10 Nov 2026, 21:54614

Who shared this post

Posts in other channels we index that link to this one. (Forwards with a hidden source can't be traced.)

Nobody yet.