Владимир Юрьевич 90-с сылы этинэн-хаанынан билбит предпринимателлэртэн биирдэстэрэ. Онон «дьиикэй ырыынак» тыйыс сокуоннарын ааспыт, ууну-уоту туораабыт киһи. Ол иһин ити ынырык ыгыыны тулуйан, хас сырыы аайы тимирэ-тимирэ күөрэйэн тахсан иһэр күүстээх санаалаах дии саныыбын. Итини барытын туораттан кэтээн көрөн олус сөҕөбүн уонна хайгыыбын. Киһи ис күүһэ маннык күүстээх буолуон сөп диэн. Барытын тулуйуохха диэтэххэ, дьэ билбэтим, тостубут элбэх. Уйан-хатан итинник тургутуллар буоллаҕа. Мин кини ханнык да ыарахан балаһыанньаттан быыс-хайаҕас булан тахсан, өрөйөн-чөрөйөн иһэрин сөҕөбүн. Колоссальная выживаемость. Компромисс - диэн дириҥ ис хоһоонноох өйдөбүл баар. Урут сэбиэскэй идеологиянан - фанатизм пропагандаланара. Идиэйэ иһин олоххун толук ууруохтааххын диэн. Өлүү, толук буолуу- героизм диэн. Ити религиознай фанатизм эмиэ сол курдук буоллаҕа. «Боярыня Морозова» диэн хартыынаны өйдүүргүт буолуо, икки тарбаҕын чороппутунан өлөрүллэ баран иһэрин. Биирдэ бэриллибит Орто дойду олоҕун үөрэ-көтө, айа-тута, үтүөнү үксэтэ олорбокко религиознай догматтан дуу, ханнык эрэ идеологияттан дуу күн сириттэн матыы үчүгэй үһү дуо? Бэйэни, бэйэ санаатын, сүнньүн сүтэрбэккэ эрэ олох олорорго дьулуһуу, олоххо тардыһыы - ол героизм буолуо дьиҥинэн. https://aartyk.ru/recommended/үtүөnү-үtүөnen/