AarTYK☀️

@aartyk_nutchina · Russian · active

Subscribers 2.2K Subscribers, last 30 days: 2.2K → 2.2K +0 24h · −10 7d
Reach per post (ERR) 27.0%603 avg views
Posting 6.6/day last 1 day ago
Reactions per 1K views 8.7 👍 ❤ 💯
repost from Nina G

Бүгүн Ульяна Алексеевналыын бырастыылаһыы. ...Мин кинини кытта өссө 1989 с., университеты бүтэрэр сылбар, дипломнай үлэбин көмүскээри сылдьан билсибитим. Тыллар алтыһыыларыгар уруккуттан даҕаны интэриэстээх буолан, үлэм тиэмэтэ икки тылланыы туһунан этэ -- "Двуязычие в Якутии как этносоциальный процесс" диэн. Оччолорго Д.Г. Брагина үлэтэ тахсан, ол дьайда буолуо. Ол эрээри, этносоциологияҕа, социолингвистикага эҥин чинчийиилэр өссө саҕалана иликтэрэ. Мин икки тылланыы баар эрээри, тоҕо эрэ сороҕор "токурутуу" баһыйар, ордук киин куоракка, промышленнай оройуоннарга диэн ис хоһоонноохтук суруйбутум. Оччолорго СГУ история салаатыгар, кафедратыгар социологтар, политологтар суохтара. Салайааччым этнограф, саха биир биллэр учуонайа Анатолий Игнатьевич Гоголев этэ. Онон ким миэхэ рецензия суруйан биэриэн сөбүй диэн толкуйга түспүтүм. Көмүскүүр күн чугаһаатар чугаһаан испитэ. Дьэ онно "Кыымҥа" үлэлиир суруналыыс Федора Петровна Егорова "биир учуонай социолог-психолог баар" диэн Ульяна Алексеевна Винокурованы ыйан биэрбитэ. Киниэхэ бэчээттэммит үлэбин туппутунан, рецензия суруйуоҥ дуо диэн даачатыгар тиийбитим. Ааҕа, билсэ, диэн үлэбин илдьэ хаалбыта. Арай, аҕыйах хонугунан ыла кэлбиппэр киһим үөрэ көрүстэ уонна "Олус үчүгэйдик суруйбуккун, ханнык аспирантураҕа үөрэнэҕин?" - диэн ыйытан соһутта. Онтон устудьуон буоларбын истэн баран "Мин өссө аспирант суруйбут дии санаатым ээ", - - диэтэ. "Дьэ сүрдээх наадалаах тиэмэҕэ суруйбуккун, мантыгын салҕаа" , - диэн буолла. Уонна соннук бэртээхэй рецензияны суруйан биэрдэ. Онтон үөрэн, көтүөхпүн кыната эрэ суох төннүбүппун өйдүүбүн. Ол дипломнай үлэбин "туйгун" сыанаҕа көмүскээбитим. Көмүскүүрбэр оппоненнарга учуонай Светлана Федосеева баара, кини эҕэрдэлээбитин, хайҕаабытын эмиэ өйдүүбүн. Дьэ кырдьык, ол саҕана барыта эдэр сааска дьүөрэлии курдуга, кэрэ, баай, умсугутуулаах олоҕу бу өҥөйөн турар курдук санаалаах этибит. Сотору ол барыта үрэллэн, атын кэм үүммүтэ, дойдубут ыһыллыбыта, өй- санаа ытылгана бүрүүкээбитэ. Ол бутуурдаах кэмҥэ У. А. Винокурова ыллыктаах саҥата, мэлдьи киэҥ далааһыннаах өйө-санаата, билиитэ-көрүүтэ, таһыма биһиэхэ барыбытыгар салайар "компаспыт" кэриэтэ этэ. Соннук хойукка дылы, биһиэхэ хайысханы көрдөрөн, иилээн-саҕалаан биэрэр, сороҕор, бөдөҥ учуонай, бэлиитик, уопсастыбаннай диэйэтэл быһыытынан эрэллээх саннын тоһуйар Ытык киһибит, Аҕа табаарыспыт этэ. Бу олохтон букатыннаахтык барбытын киһи итэҕэйбэт уонна ылыммат. Бырастыы, Ульяна Алексеевна!

Views over time

02004006006 Sep 06:2910 Nov 21:545136 Sep 06:29: 0 views10 Nov 21:54: 513 views
Snapshots we took after posting.
WhenViews
6 Sep 2026, 06:290
10 Nov 2026, 21:54513

Who shared this post

Posts in other channels we index that link to this one. (Forwards with a hidden source can't be traced.)

Nobody yet.