Олус да ыар сура5ы туттум. Муударай учуонай, Киhи кэрэтэ, хорсун Патриот, истин До5орум Ульяна Алексеевна Винокурова суох буолбутун олус курутуйа, ытыы иhиттим. Хайдах курдук ыараханнык биир дойдулаа5а Василий Иванович Оконешников Кюн Сириттэн барбытын иhитиннэрбитин ейдеен ыллым. Мэлдьи уерэ-кете керсербут. Хаартыска5а туhэрбит. Быйыл Москваттан кэлэн Дом ученых керсен элбэ5и сэhэргэспиппит. "Суруйбутун сатаннын" суруктаах талыы Таатта тала5а уруучуканы алгыстаан бэлэхтээбитэ. Кэллэ5им аайы манна керсе туруохпут -диэбитэ. Биирдэ дьиэбэр хонон, куех АкадемАлааспын керен уербутэ. Кут Дабаан уерэ5и бастакынан ейеебутэ, Афанасий Махатыро вы Новосибирскайга ыыппыта. 07.04.2023 Чурапчыга 85 сааhым кунугэр : "Экодухуобу нас-Айыл5а тыынынан -Айыы тыыннаныы" диэн чопчутук эппитэ видео5а баар. Уустук экофилософияны итинтэн ордук диринник быhаарыы ны була иликпит. Саха норуота актыыбынай Суобаhы сутэрдэ..Быраhаай Кут-Сюр Учууталым, Бигэ Ейебулум, До5орум. &И.Е.Максимов Академгородоктан 03.09.2026
AarTYK☀️
Subscribers
2.2K
+0 24h · −10 7d
Reach per post (ERR)
27.0%603 avg views
Posting
6.6/day
last 1 day ago
Reactions per 1K views
8.7
👍 ❤ 💯
Views over time
| When | Views |
|---|---|
| 3 Sep 2026, 05:04 | 0 |
| 10 Nov 2026, 21:54 | 552 |
Who shared this post
Posts in other channels we index that link to this one. (Forwards with a hidden source can't be traced.)
Nobody yet.