#соцсети Ону-маны токурута санаамаҥ... СВО саҕаламмыта балайда кэм ааста. Ол устатын тухары мобилизованнайдар, контрактниктар, призывниктар диэн арахсаннар биир СВО сэриитигэр уолаттарбыт, кэргэттэрбит, убайдарбыт, бырааттарбыт сылдьаллар. Саха сириттэн олус элбэх эр киһи сылдьар, ким тыыннаах эргиллэр, ким эчэйэн, ким эргиллибэт. Бу эр дьон бары араас байыаннай чааска арахсан бараллар. Онно дьон бары билэрбитинэн Миноборона диэн улахан министерство кииннээн бу уолаттары ханнык в/ч тиийбиттэринэн сулууспаларын тэрийэр. Мин биир манныкка өйдөбүлгэ тохтоон, дьоҥҥо сыыһа өйдөбүл баарын илэ истэммин санаабын этиэхпин баҕарабын. Афган уонна Чечня сэриитигэр сылдьыбыт бэтэрээннэр Ассоциация тэринэн үлэлээбиттэрэ ыраатта. Бу Ассоциация бэтэрээн уолаттарга, дьиэ кэргэттэригэр уонна төһө кыалларынан уопсастыбаҕа бэйэлэрин араас көмөлөрүн оҥороллор. СВО саҕаламмытыгар "Боотур" диэн ааттаах байыаннай патриотическай дьарыгы бу бэтэрээн уолаттар тэринэн, эдэр да орто да саастаах эр дьону үөрэтэннэр ким баҕалааҕы уонна кыанары СВО-ҕа барарыгар үөрэтэн ыытар тэрилтэ. Күн бүгүн Боотурдарга элбэх уол байыаннай үөрэҕи ылан СВОҕа сылдьаллар, сроктара бүппүттэр кэмигэр кэлэллэр. Арай иһиттэҕим аайы "...Боотурдар сэриигэ сылдьыбаттар үһү, сытан баран кэлэллэр үһү.." диэн этэллэр, саҥараллар. Сахабыт дьоно, эһиги хас биирдии эчэйбэккэ, тыыннаах кэлбит эр киһи туһугар үөрүөхтээх этигит. Ханна баарый ол? Өлөн, эчэйэн кэллэхтэринэ үөрэҕит дуо? Хантан билэҥҥит итинник саҥараҕыт.? Боттурдар да сэрии уоттаах өттүгэр сылдьаллар, бааһыраллар, өлөллөр, сэриилэһэллэр, эдэр уолаттары үөрэтэллэр. Сэрии аата сэрии. Ким да онно курорт курдук сыппат. Өйдөөҥ уонна этэҥҥэ сулууспалаан кэлбит хас биирдии уолга, эр киһиэхэ үөрүҥ! Мин кэргэним Боотурдарынан СВОҕа баран, улаханнык эчэйэн эмтэнэ сытар. Манна госпиталга араас эчэйии ылбыт эр дьон толору, киһи күннэтэ көрөн хараастар. Мээнэ киһи тулуйбат. Бу СВО аймалҕана хас биирдии саха киһитин хаарыйда эбээт, уонна итинник тыллаһабыт. Өйдөнүҥ, мээнэ тыллары ыһыктымаҥ! Уот сэриигэ сылдьыбатах да уолаттары саҥарымаҥ, кинилэр да син биир тустаах сорудаҕы толорон кэлэллэр. Онтон өссө биир маннык этии эмиэ хомотор. «..Бэйэлэрэ харчы инниттэн, баҕаран барбыттар. Биһиги сэриибит буолбатах, акаарылар онно кыттыһаллар..» дьэ, бу туох өйдөөх киһи тыллаһар саҥатай? СВО кимтэн да ыйыппат, дьылҕа диэн баар, буолбут да буолбут. Киһи бу олоххо араас кыһалҕалаах, араас санаалаах. Ону сууттуур дуу, атыннык быһаарар дуу быраабы эһиэхэ ким да биэрбэтэҕэ. Итинник тыллаһымаҥ! Киһи аймах кэнники сылларга олус үп-харчы, мал-сал баҕатыгар оҕунна. Эр да киһи, дьахтар даҕаны. Орто сиэринэн сылдьыбакка, киһи аймах хараҕа харчыга хатанна. Тугу барытын харчынан кээмэйдээһин, тугу барытын харчынан көрүү буолла. Үйэтэ оннук диэххит, ол эрээри киһилии сиэр диэн баар буолуохтаах. Ону умнар сатаммат! Сиэри-туому кэһэн туран, хара санааҕа ылларыы баар. Маны ким тохтоторуй, киһи аймах сиэри таһынан барда. Тоҕо сэрии буолла, туох туһуттан, туох туһугар? диэн хас биирдии киһи бэйэтигэр ыйытык туруорунар кэмэ тирээн кэллэ. Күн бүгүн кими да (былааһы, олоҕу, дьону) буруйдуур олоҕо суох. Хас биирдии киһи бэйэтин толкуйдаан көрүнэр кэмэ үүннэ, онтон дьон туһугар тугу оҥордум диэн толкуйдаан көрүҥ. СВОҕа сылдьар уолаттар, билигин бэйэ бэйэлэрин өйөһө сылдьан тыыннаах хаалаллар. Биир эмэ бэйэмсэх баар буолла ол тыыннаах хаалбат, сэрии диэн сэрии, туспа бу чуумпу олохтон ураты сокуоннардаах, кытаанах сокуоннардаах. Кими да аһыммат. Киһи киһилии буолар уратыта, бэйэ бэйэҕэ тугу да умнан туран көмөлөһүүтэ. Оннук эрэ тыыннаах хаалаҕын. Бүтүн Аан дойду үрдүнэн оннук дьайыы үөскүүр кэмэ. Киһи аймах бэйэ бэйэтин кытта атааннаһа сылдьарын тухары, иллээх олох үүммэт. Онон, бука диэн бу сурукпунан көрдөһүөм этэ, ханнык да Боотур буоллун, ханнык да эр киһи буоллун СВОҕа сырытта, сылдьыбата диэн саҥарымаҥ! Тыыннаах саха эр киһитэ баар буоллаҕына ол үөрүү, барыбыт үөрүүбүт! СВО син биир бүтүө, уолаттар эчэйбиттиин, эчэйбэтэхтиин кэлиэхтэрэ 👇
AarTYK☀️
Subscribers
2.2K
+0 24h · −10 7d
Reach per post (ERR)
27.0%603 avg views
Posting
6.6/day
last 1 day ago
Reactions per 1K views
8.7
👍 ❤ 💯
Views over time
| When | Views |
|---|---|
| 3 Sep 2026, 02:05 | 0 |
| 10 Nov 2026, 21:54 | 557 |
Who shared this post
Posts in other channels we index that link to this one. (Forwards with a hidden source can't be traced.)
Nobody yet.